Сиргэ баар биир тыл, Сэрии диэн ыар тыл: Иитэ суох Иэдээн илдьиттээх, Аана суох Алдьархай эҥэрдээх… Ааптар.
Сэрии саҕаланыытыгар, 1941 сыллаахха Солоҕон уонна Ньурбаҕанчына нэһилиэктэригэр холбоон 740-ча киһи олорбут. Бу дьон сүрүннээн хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи, табаны иитэн, бултаан-алтаан саҥа атаҕар туран эрэр холкуостарга үлэлээн-хамсаан